1 Малльаҕар нэһилиэгэр, “Кэрэчээн” оҕо уһуйааныгар “Сайда чэчирии тур, мин төрөөбүт дойдум!” диэн хоһоон ааҕыытын күрэҕэ буолла. Күрэх икки бөлөҕүнэн буолла, барыта 17 оҕо кыттыыны ылла. Бастакы бөлөххө: 1 миэстэни- Федорова Нарыйана, 2 миэстэни – Попова Вика, 3 миэстэни- Дьячковская Арина ыллылар. Иккис бөлөххө: 1 миэстэни- Петров Эрсан, 2 миэстэни- Романова Эделина, 3 миэстэни- Попов Костя ыллылар. Кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар, бэлэмнээбит уһуйааччыларбытыгар махталбытын тириэрдэбит. Төрөөбүт тылбыт чэчирии турдун!
Анисия Дьяконова