Саха маҥнайгы Президенэ М. Е. Николаев, ыһыаҕы национальнай бырааһынньыгынан ааҕан, биһиги бэс ыйын 21-22 күннэригэр, тэрийэр буоллубут. Бу күн Өктом орто оскуолатын «Заря» лаа5ырга «Ыhыах-үйэлээх үгэспит» диэн бэт сэргэх тэрээhин буолла. Матрена Егоровна оҕолорго Ыһыах –өйдөбүлүн, суолтатын туhунан кэпсээтэ, кинигэ быыстапкатын билиhиннэрдэ. Бырааhынньык иккис түhүмэҕэр оҕолор тургутук боппуруостарыгар эппиэттээтилэр. Оҕолорбут сахалыы иhит-хомуос, ас-үөл, музыкальнай тэриллэр уо.д.а. ааттарын бэт кэбэҕэстик таайдылар.Бырааhынньык үhүс түhүмэҕэ сахалыы оонньуулар. Бу түhүмэх оскуола площадкатыгар ыытылынна. Оҕо эрэ собулээн оонньуур сахалыы оонньууларын Сардаана Егоровна ыытта. Маннык тэрээhиннэр кэнчээри ыччаппыт бэйэтин үгэһин тутуһар, сиэрин-туомун ытыктыыр буола улааталларыгар төhүү күүс буолуо диэн эрэнэбит. Ыһыах суолтата, өйдөбүлэ тэнийэн, сиэрэ-туома ситэриллэн байа, үксүү туруох тустаах.