“Иһирэх Түмсүү” литературнай музыкальнай гостинай улуустааҕы бибилэтиэкэ иһинэн 2004 сыллаахтан үлэлиир.Гостинайга араас биллиилээх,талааннаах дьон ыалдьыттаан ааспыттара.Ол иһигэр: саха народнай худуоһунньуктара А.Мунхалов,А.Осипов,народнай суруйааччылар С.Руфов,Г.Харлампьева,Сайа,муз.деятель А.Решетникова,нар. артыыс А.Павлов уо.д.а.
“Иһирэх түмсүү” гостинайга бэҕэһээ, ахсынньы 5 күнүгэр, номоххо киирбит 28 сыл улуус бибилэтиэкэлэрин директорынан үлэлээбит, Бокуруоскай куорат Бочуоттаах олохтооҕо,ССРС культуратын туйгуна,өр сылларга оройуоннааҕы дьахталлар сэбиэттэрин,оройуоннааҕы Эйэ фондатын салайбыт Марфа Ивановна Пермякова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Кэлбит ветераннарбыт Марфа Ивановна туһунан иһирэхтик санаатылар.Эдэр бибилэтиэкэрдэр, А.Новоприезжая, М.Поисеева истиҥ ырыаларын анаатылар. Урукку докумуоннарга олоҕуран “Ааспыт кэм үтүө өйдөбүлэ “диэн ретро быыстапка тэрилиннэ.