Улахан Ааҥҥа “Финансовая игра” квиз-оонньуу ыытылынна

Бүгүн Улахан Ааҥҥа Мохсо5оллоохтон Хаҥаластаа5ы о5ону иитиигэ көмөлөҺөр киин үлэҺиттэрэ кэлэн ыаллары кытта үлэлэстилэр, алын сүҺүөх кылаас о5олоругар кылаас чаастарын ыыттылар уонна олохтоох бибилэтиэкэ5э “Финансовая игра” квиз – оонньуу тэрийдилэр. Оонньууга 2 хамаанда кытынна: М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьа5ар орто оскуолатын учууталлара уонна “Бөртө” сылгы собуотун хонтуоратын үлэҺиттэрэ. Оонньууну дьиэ кэргэни кытта үлэлиир специалистэр Прокопьева Валентина Степановна уонна Жиркова Тамара Егоровна ыыттылар. 2 түҺүмэхтээх оонньуу түмүгүнэн оскуола учууталлара кыайыылаа5ынан та5ыстылар. Кыттыылаахтарга барыларыгар туоҺу сурук туттардылар. Кыттааччылар билбэтэхтэрин билэн үөрэн-көтөн бардылар.

Прокрутить вверх