«Рожденный быть учителем» кинигэ сүрэхтэннэ

Бээтинсэҕэ Орджоникидзевскай оройуоҥҥа өр сылларга үөрэх салаатын салайан кэлбит ытыктыыр киһибит Николай Сергеевич Васильев туһунан (баара буоллар оруобуна 95 сааһын бэлиэтии сылдьыах этэ) улуустааҕы бибилэтиэҕэ «Рожденный быть учителем» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Урукку сылларга бу киһи киэнэ кэрэмэһин кытары бииргэ алтыспыт, үлэлээбит, оннооҕор киниэхэ кыра эрдэхтэринэ үөрэнэ да сылдьыбыт  кэллиэгэлэрэ, бэтэрээн учууталлар кэлэн сылаас тыллары анаан бардылар, көрсүспэтэхтэрэ ырааппытынан бэлиэ түгэни бэлэхтээбит кинигэ ааптарыгар Николай Сергеевич кыыһыгар Ирина Жирковаҕа махтал тылларын эттилэр. Саала толору киһи кэлбитэ үөртэ. Ол аата салайааччы ахтыллара, сананыллара көһүннэ.

Тойону отунан-маһынан оҥорбоккун диэн сахаларга бэргэн этии баар

Үчүгэй учууталга түбэһэр дьол диэбиккэ дылы, үчүгэй салайааччыга түбэһэр эмиэ дьол. Киһиэхэ ардыгар кыра да киһилии сыһыан, болҕомто  наада буолар. Ону салайааччы эрэ барыта кыайбат, буолаары буолан аныгы саарбаҥ үйэҕэ. Бэтэрээн педагогтар билиҥҥи үйэ ирдэбиллэриттэн долгуйаллара элбэх. Бу этиилэри  истэ олорон биир түгэҥҥэ санаабын уурдум. Ол — урукку сэбиэскэй кэмҥэ салайар каадыры иитии уопутугар. Учууталлыы, оскуолаларга дириэктэрдии сылдьыбыт дьон, дьэ, манна санааларын Николай Васильев  үлэтин  сүрүн  хайысхатыгар тирэнэн эттилэр-тыыннылар. Тоҕо билигин салайаааччыларбыт уларыйа туралларый, тоҕо  бэйэтинэн холобур буолар,тэрилтэни кыайан салайар, үлэһиттэрин  дьоһун дьыалаҕа уһуйар  дьаһаллаах киһи көстүбэтий диэн. Билигин, кырдьык, олох тэтимэ түргэн. Николай Сергеевич курдук өр сылларга салайааччы буолар диэн эриэккэс. Хаҥаласка оннук салаааччынан Цемент собуотун дириэктэрэ Ил Түмэҥҥэ дьокутааппыт  Алиш Мамедов эрэ хаалла, быһыыта…

Оскуола дириэктэрдэринэн буолбут бэтэрээннэрбит урут дьону дьоҕурун, кыаҕын үөрэтэн   Николай Васильевтаах эрдэттэн бэлиэтии көрөн салайан биэрэн, эбии үөрэттэрэн, эппиэттээх үлэлэргэ тургутан көрөн бэлэмнииллэрин этэн  аһардылар. Билигин оннук суох курдук. Хантан эрэ, кими эрэ көтүтэн аҕалан олордон соһуталлара баар суол. Аны дуогабарынан анааһын киирдэ. Салалтаны утары бардыҥ даҕаны,  болдьоҕуҥ туолла да уурайаргар тиийэҕин. Былааннаан, кэскиллээҕи толкуйдаан, эрдэттэн бэлэмнэнэн сыалы-соругу ситиһэргэ кыах оччотугар хантан баар буолуой. Сорох оскуолаларга  дириэктэрдэр сыл аайы уларыйалларын көрөбүн.  Саатар кырыы нэһилиэктэргэ олохтоох дьон ыччатын тарда сатыахха баар этэ, үөрэтэн-такайан, көмөлөһөн. Уопут ыла таарыйа, үлэ киниискэтигэр суруйуу  оҥосто барааччы-кэлээччи бу сирдэргэ баар буолла. Быстах санаалаах, дьиэ кэргэнэ атын сиргэ олорор киһи тугу олохтоохтук тэринэн үлэлиэй диэхпин баҕарабын. Николай Сергеевич үөрэх салаатын салайар кэмигэр  итинник дьаһаныы суох буолара диэн аһаҕастык мин даҕаны этэбин.

«Кто владеет настоящим, тот владеет будущим» диэх курдук Покровскайдааҕы гимназия дириэктэрэ Юлия Ноговицына бу боппуруоска сыһыаннааҕы эттэ — урукку кэмҥэ эдэр учууталлар  уопуттаах педагогтар уруоктарыгар элбэхтиксылдьар этилэрин, үөрэх салаатыттан иниспиэктэрдэр эмиэ кэлэн уруоктарга сылдьан, учууталлар үлэлэрин ырытан, көмөлөһөн баралларын, туох итэҕэстэрдээхтэрин аһаҕастык этэллэрин, чопчу  сүбэ-ама биэрэллэрин уонна бэйэлэрэ киһи быһыытынан бу  салайааччыларын курдук кэрэлэрин, сэмэйдэрин. Учуутал  суолтата, оруола оҕолорго эрэ буолбакка төрөппүттэргэ, общественноска олус улахан.Онно киһи быһыытынан бэйэҥ эрэ буолбакка бүтүн дьиэ кэргэниҥ кытары  эппиэтинэстээҕин учууталлар оҕолоро буолан мин эмиэ  билэбин.

53 сыл ыстаастаах, билигин Өктөм Чапаевыгар улууспутугар ытыктыыр биир дойдулаахпыт, Бастакы Президеммит Михаил Никораев үөрэммит оскуолатыгар үөрэҕирии түмэлин салайан үлэлэтэ сылдьар үтүөлээх учуутал Валентина Ноговицына итиниэхэ майгынныыр  салайааччыны иитэн таһаарыыга тыл этиитин сэргии иһиттим — уонунан сылы быһа иитэн таһаараллара, салайааччы итинэн сыаналанара диэбитин уонна түмэл үлэһитэ буолан Николай Сергеевич улууска үөрэҕирии сайдыытын историятыгар тахсыбыт үйэлээх кинигэлэри бэлэмнээн таһаартарбытыгар махтанна, «Бу  үлэлэлэр хас биирдии оҕону кытары үлэлиир дьоҥҥо остуолга күннэтэ сытан туһаныллар кинигэлэринэн буолуохтаахтар» диэн баҕа санаатын тириэртэ.

Салайааччыларын астына саныылларын бу кинигэ билиһиннэриитигэр үөрэх салаатыгар бииргэ үлэлээбит дьоно ахтан аастылар, ахсааннаах эрээри оскуолалар тугунан тыынан олороллорун билэ сылдьан үлэлээбит бэтэрээннэр.

Николай Сергеевич учуутал, салайааччы быһыытынан  1-Дьөппөн, Өктөм оскуолаларыгар буспут-хаппыт,  1968-1984 сылларга  Орджоникидзевскай оройуоммут үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн  үлэлээбит, онтон 2012 сылга диэри  РОНО  методкэмитиэтин  методиһынан, үгүс общественнай үлэлэнэн дьарыктаммыт, райсовет депутатынан талылла, араас хамыыһыйалары  салайан олох үөһүгэр  сылдьыбыт. РСФСР  үтүөлээх учуутала, 1962 сылтан норуот үөрэҕириитин туйгуна, улуус  народнай педагогикатын Ассоцияциятын  сэбиэтин о.д.а.  бэрэссэдээтэлинэн, оннооҕор «Эргис-1» Покровскай даачаларын тэрийсибит, салайбыт, кэргэнинээн Дора Иннокентьевналыын икки кыыс оҕону иитэн улаатыннаран, үлэһит бэрдэ оҥортообут  ытык киһибит этэ. Онон бу дьикти үчүгэй кинигэни бибилэтиэкэттэн ылан  ааҕыҥ,  ыччаттаргытыгар холобур оҥостуҥ.

Людмила Аммосова. “Хаҥалас” хаһыат. Сиһилии ааҕыҥ: https://ханаласгазета.рф/56304-2/

Прокрутить вверх