Олоҥхо күнэ. Олоҥхоһут Той Дьэрэмиэй куолаһа Гарвард университетыгар

Яковлев Еремей Петрович-Той Дьэрэмиэй (1896-1971сс.) Илин Хаҥалас улууһугар I Дьөппөн нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ-кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 50-с сылларга Дьокуускайга радиокомитет хоругар ыллаабыт. Радио фондатыгар 5 олоҥхото баар. «Чэмэриллэ Чээчик»  олоҥхону 1919 сыллаахха суруйбута. Той Дьэримиэй үксүн олоҥхону туруорааччы буолан төрүтчүт буолара: олоҥхо дойдутун сирин-уотун, олоҥхо бухатыырын айанын, охсуһуутун уус-уран тылларынан уурбут-туппут курдук, туох да иҥнигэһэ суох кэпсээн лэбигирэрэрин өйдүүбүн. Сотору, сотору «Дьокуускайга радиокомитеттарга сырыттым» диэн тахсара.  Сэрии кэнниттэн 2-Дьөппөн ыһыаҕар «Орто дойдуну олохтуу төрөөбүт оҕо туйгун бухатыыр» олоҥхону туруорбуттар. Той Дьэримиэй олоҥхоһут, Айыы бухатыырын оруолун Антипин Афанасий, Охсулла Боотур Аһааһы улук – Тоттойо. Кыыс Куо оруолун Афанасьева Варвара Михайловна толорбуттар. Варвара Михайловна уонна Александра Новгородова – Үчүгэй Харах. Туйаарыма Куо оруолун Саха театрыгар Екатерина Захаровалыын бииргэ үлэлээбиттэр. Сэрии кэнниттэн Ньургун Боотур олонхону Улахан театрга баран туруорбуттар. Оччолорго сэрии иннинээҕи да кэннинээҕи да сылларга анал үөрэхтээх артистар тиийбэт буоланнар норуоттан тахсыбыт талааннаах ырыаһыттары театрга ыҥырар этилэр.

Е.Л. Яковлев “Ебугэттэн ыччакка”, 2-Дьеппен нэьилиэгин историятыттан» кинигэтинэн, Киприянова А.Н., Афанасьев П.М. ахтыыларыттан.

Олоҥхо күнүн көрсө Той Дьэрэмиэй толоруутугар “Орто дойдуну олохтуу төрөөбүт оҕо туйгун” олоҥхоттон быһа тардыыны истиҥ. Бу аудиозапиһы Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун учуонайдара Гарвард университетын түмэлигэр хараллан сытарын булан Саха сирин олонхоһуттарын энциклопедиятыгар киллэрэргэ үлэлииллэр.

Прокрутить вверх