Алтынньы 18 күнүгэр улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ «Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүү уочараттаах көрсүһүүтэ буолла. СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Татьяна Петрова-Мойуу кыыһа сэргэх кэпсээнин иһиттибит. Эдэр хоһоонньут, 11 кылаас үөрэнээччитэ Гаврил Адамов хоһоннорун билиһиннэрдэ уонна түмсүүгэ киириэх баҕатын эттэ. Гаврилга айар-суруйар дьон сүбэлэрин биэрдилэр. Өлүөнэ долгуннарын саҥа тахсар хомуурунньугун тула кэпсэтии буолла.