«Көлүөнэ суруксуттара» сэргэх көрсүһүү кинигэ бэлэмнээччилэри түмтэ

Маннык сонун тэрээһин улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ буолла.

Кэлин сылларга төрдүнү-ууһу билиигэ, төрөөбүт дойду дьонун-сэргэтин туһунан кэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар үгүс энтузиаст кинигэ оҥорон бэлэх хаалларара элбээтэ. Хайдах оҥоруохха, туохтан саҕалыахха, архыыптарга үлэлииргэ туохха болҕомто ууруохха? Төрдүлэрбит туох дьарыктаах, дьоҕурдаах, хайдах доруобуйалаах дьон этилэрий? Кимтэн кииннээхпитий, хантан хааннаахпытый, туох ситиһиилэрдээх, туох кыһалҕалардаах даҕаны дьон этилэрэй, кинилэр?

Бу уонна да атын ыйытыыларга хоруй ылаары, уопут атастаһаары кинигэ таһааран аймаҕы, биир дойдулаахтары үөрдүбүт дьонтон хайдах дьаһанан санааны ситиһээри бу күн мустубут дьоҥҥо сэргэх сэһэргэһии буолла. Бибилэтиэкэ салайааччыта Ираида Адамова элбэх кинигэни бэлэмнээн таһаарбыт норуот суруйааччытыгар Павел Харитонов-Ойукуга биир бастакынан тылы биэрдэ. Сир түннүгэ ытык киһибит төһө даҕаны эдэр эрдэҕиттэн удьуор дьонун-сэргэтин туһунан баары тиһэ, түмэ сырыттар, сааһыран архыыптарга үлэлэһэр кыаҕа кыратынан кыраайы үөрэтээччи Раиса Федоровттан көмө көрдөөбүтүгэр убай тэҥэ киһитэ баар номохторунан, кырдьаҕастар ахтыыларынан сирдэтэн төрүт төрдүлэрин сирдээн биэрбитинэн сиэттэрэн ситэри ирдэһэн суруйан аймах-билэ дьонугар хаалларар дьолломмутун аҕынна. Элбэх киһини кытары кэпсэтиэххэ, чахчылары чуолкайдыахха, сир-дойду аатыгар болҕомтону ууруохха наадатын, наукаҕа тирэҕирэн үлэлиир ирдэнэрин эттэ уонна дойдутун историятыттан, номохторуттан киһи кэрэхсиирин сэһэргээтэ. Салгыы Илин эҥэртэн тардыылаах Ермолай Скрябин кинигэлэрин билиһиннэрдэ, дьоммут-сэргэбит туһунан хайаан даҕаны кэпсиэххэ, кинилэри үйэтитиэххэ, туох төрдүлээхпитин оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр билиһиннэриэххэ наада диэтэ, урут истибэтэх чахчыларбытын сэгэтэн ааста, холобур, фронтовик Семен Николаевич Васильев, Алампа үтүө аатын биир бастакынан тилиннэрбит киһи туһунан. Кини өссө мээнэ ахтыылар итэҕэппэттэр, бу үһүйээн, номох эрэ диэтэ уонна чахчылаах источниктарга тирэнэр ирдэнэрин, хантан дааннай ылбыккытын ыйар сигэни киллэрэн суруйар наадатын ыйда. Өссө урукку таҥара үлэһиттэрэ бары кэриэтэ үөрэхтээх дьон этилэр, таҥара дьиэтигэр тирэнэн оскуолалар арыллалларын этэн аһарда, мустубут дьон ыйытыыларыгар хоруйдаата. Архыыпка докумуоннарыгар тирэниэххэ диэтэ, итинтэн сиэттэрэн үгүстүк бу тэрилтэлэргэ сылдьан үлэлээбит учуутал, кыраайы үөрэтээччи Капитолина Скрябина уонна наадыйар матырыйаалгын хайдах булары, хас сыллаах биэрэпистэр, ол иһигэр хаһаайыстыбалар биэрэпистэрэ төһө толору дааннайдары биэрэр кыахтаахтарын кэпсээн төрүттэрин ирдэһээччилэр болҕомтолорун тарта, махталларын ылла. Кини үгүс докумуоннарга оччотооҕуга эр дьон ааттара эрэ толору баар буоларынан дьахталларга дааннай аҕыйаҕын, араспаанньалара да ыйыллыбат буоларынан чуолкайдыыр уустуктардааҕар санаатын үллэһиннэ. Сорох нэһилиэктэр архыыптара ситэтэ суоҕун, арай улахан-ааннар киэннэрэ толорутун этэн аһарда. Тиит Арыы, Тумул туһунан элбэх кинигэни бэлэмнээн таһаарбыт дьон Маргарита Семенова, Тамара Свинобоева, Лидия, Любовь Христофоровалар төрдүнү-ууһу билэргэ туох кыһалҕалары көрсүбүттэрин, төрүччүнү оҥорорго бибилэтиэкэлэргэ урбаанньыт Вячеслав Нестеров анал программаны ыларга көмөлөспүтүн, кэлэн туһаныаххытын сөп диэн сүбэ-ама биэрдилэр. Христофоровтар кыргыттара оҕолорун кыраларыттан кытары кыттыһыннаран ирдэһэр үлэни тэрийэлэрин, ити ыччакка төрдүнү-ууһу билэргэ интэриэһи үөскэтэрин эттилэр.

Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон итинник үөлээннээхтэрин үлэлэрин билсэн, элбэх сүбэни-аманы ылан бардылар. Син элбэх кинигэни кэлин сүүрбэ сыл редакциям дьонун кытары таһааран кэлбит киһи мин эмиэ санаабын эттим. Кинигэни ылбычча таһаарбаппыт диэбиттэригэр курдук, үгүс сыраҥ барар. Онон хара маҥнайгыттан былааннаан үлэлиир ирдэнэрин аҕынным, «Трудовая слава Земли Хангаласской» кинигэлэрбитин туһаналларын истэн үөрдүм. Үөһээ этиллибиккэ эбэн кинигэ кээмэйигэр, хаартыскалар хааччыстыбаларыгар, ис-тас оҥоһуутугар тиийэ болҕомтону уурарга сүбэлээтим. Хаартыскаларга кимнээх баалларын, төрүччүлэргэ эҥин киирэр дьон ааттарыгар тус дааталарын толору ыйар ордук эбитин, наҕараадалары сөпкө суруйарга эҥин сүбэлээтим. Ити барыта кэлин үлэлиир, ирдэһэр дьон үлэтин чэпчэтэрин бэлиэтээтим.

Төһөнөн элбэх кинигэни таһаараҕын, соччонон инникилэргэ итэҕэһи-быһаҕаһы булар буолаҥҥын эппиэтинэһиҥ эбиллэр курдук. Онтон, суруллубут суоруллубат, үйэлэргэ хаалар, интернет абырал даҕаны, куйаар — куйаарга, биир түгэнинэн мэлийиэххин да син курдук. Онон кинигэтэ ордук, аҕа саастаах дьоҥҥут баарын баттаһа ахтыыларын саатар сурукка тиһэн иһиҥ, бэйэҕит оҥорботоххутуна кэнчээри да ыччаттаргыт туһаныахтара дии саныыбын. Өссө бу көрсүһүүгэ төрдүгэ-ууска ыччат аанньа наадыйбат буолла диэни иһиттим. Ол эрээри ирдэһэр кэмнэрэ син биир кэлиэ дии саныыбын, Киһи киһитэ гына ииттэххэ.

Түмүккэ бибилэтиэкэлэрбит үлэһиттэрэ аныгы технологиялары туһанан архыыптарга үлэлииргэ көмөлөһөргө бэлэмнэрин эппиттэрин тириэрдэбин. Туһаныҥ!

Людмила Аммосова.

https://ханаласгазета.рф/pokrovskajga-kelyene-suruksuttara-sergeh-kersyhyy-kinige-belemneechchileri-tymte

Прокрутить вверх