Хаҥалас улууһугар “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүү 2008 сыллаахтан улуус айар куттаах дьонун түмэн, улуустааҕы библиотека нэһилиэнньэни кытта үлэлиир салаатын иһинэн тэриллэн үлэлиир. Бастакы салайааччыларынан суруналыыс Тапыев В.Г. уонна библиотека үлэһитэ Ильина М.Д. буолаллар. Кэнники сылларга библиотека үлэһиттэрэ Прокопьева М.А., Колесова Л.Н., салайан үлэлэтэллэр. Билигин түмсүүгэ 40-ча айар куттаах дьон ис сүрэхтэриттэн үөрэн туран, көхтөөх кыттыыны ылаллар.
2010 сыллаахха “Өлүөнэ долгуннара” 25 чилиэнин хоһоонноро, кэпсээннэрэ “Сырдык үрүйэ- Светлый ручей” диэн ааттанан, хомуурунньук буолан тахсыбыта. Кэнники сылларга “Өлүөнэ долгуннара” (2016 с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), “Айар тылбыт оһуора” (2019 с.) хомуурунньуктар күн сирин көрдүлэр.
Суруйууларбыт өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар “Чолбоҥҥо”, “Күрүлгэҥҥэ”, “Кыым”, “Киин куорат”, “Туймаада” хаһыаттарга, “Хаҥалас” хаһыакка, “Хаҥыл” сурунаалга тиһигин быспакка бэчээттэнэллэр. Түмсүүбүт дьоно араас эйгэҕэ үлэлиир -хамсыыр дьон. Ол иһигэр, учууталлар, быраастар, экономистар, бухгалтердар, библиотекардар, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, инженердар, оператордар, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ветераннар.
2014 сылтан, бастакы улуустааҕы хоһоон күрэҕэ “Сааскы таммахтар” диэн ааттанан оскуола оҕолоругар анаан ыытыллыбыта. “ Сааскы таммахтар” күрэх бу сыллар тухары, тиһигин быспакка, сылын ахсын бастакы салайааччыбыт В.Г. Тапыев сырдык кэриэһигэр анаан ыытыллар. Бу күрэххэ талааннаах, баҕалаах бары кыттар.
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах литературнай күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт. Ол курдук Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт “Уус-уран тыл оһуордаах ыллыгынан” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай пикникка, “Кэрэхсэбиллээх кэпсээнньит – 2016” аат иһин күрэххэ 2 миэстэни Людмила Колесова – АйКыыма ылбыта. 2017 с. Суоттуга ыытыллыбыт “Уус-уран тыл оһуордаах ыллыгынан” диэн нууччалыыттан сахалыы тута тылбаас күрэҕэр, Т.М. Петрова – Мойуу Кыыһа 2 миэстэлээх дипломант үрдүк аатын ылбыта.
2016 сылга Валерий Софронович Данилов – Эркин, 2019 с. Галина Ивановна Иванова- Айтыына Уран, 2021 с. Илья Афанасьевич Васильев – Ылдьаа Хоточчу Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһугар киирбиттэрэ улахан ситиһиибит, үөрүүбүт буолар. Сылын ахсын саҥа айымньылар кинигэ буолан күн сирин көрөллөр. Айар дьоҕурдаах дьоннор кэккэбитин хаҥата тураллар.
Данилов Валерий Софронович – Эркин
Сунтаар улууһун Бүлүүчээнигэр төрөөбүтэ. Намнааҕы художественнай-графическай педучилишаҕа, СГУ ИФФ нуучча тылын салаатыгар үөрэммитэ. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар изо, черчение, саха тылын уонна литературатын, нуучча тылын уонна литературатын учууталынан, оскуола завуһунан, кулууп сэбиэдиссэйинэн, спорт инструкторынан үлэлээбитэ. Кэлин Покровскай куорат 4 -с №дээх орто оскуолатыгар үлэлээбитэ.
1972 сылтан Сунтаардааҕы «Ньургуhун», Намнааҕы «Отуу Уота», билигин Хаҥалас улууһун «Өлүөнэ долгуннара» литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэ. Нам, Сунтаар, Хаҥалас улуустааҕы xahыaттapыгap, «Эдэр коммунист», «Учуутал apгыha», «Киин куорат» хаhыаттарга, «Чолбон», “Күрүлгэн”, «Хаҥыл» сурунаалларга бэчээттэммитэ. “Доҕорбор” (1992 с.), “Сырдык үрүйэ” (2010 с.) “Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), “Айар тылбыт оһуора”(2019с.) хоһоон хомуурунньуктарыгар, “Чолбон” уус-уран литературнай уонна общественнай – политическай сурунаал “Сэмсэ” сыһыарыытыгар хоһоонноро киирбитэ.
2012 сылтан Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Айымньылара:
Олонхо дойдута – Сахаада: Хоһооннор.
Дьол тардыыта : [кэпсээннэр] / Валерий Эркин. — Покровскай : ИП «Никифоров А. М.», 2018. — 67 с.
Күһүҥҥү санаа : [хоһооннор] / Валерий Эркин. — Покровскай : ИП «Никифоров А. М.», 2018. — 115 с.
Дойдум мүөттээх салгына : [хоһооннор] / Валерий Эркин. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2022. – 136 с.
Аартык арыллыыта : [кэпсээннэр, сэһэн] / Валерий Эркин. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2022. – 128 с.
Иванова Галина Ивановна – Айтыына Уран
Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөн нэһилиэгэр Күөрдэмҥэ төрөөбүтэ.Идэтинэн учуутал. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ маастар- педагога, Хаҥалас улууһун уран тарбахтаах норуот маастара. “Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Айар тылбыт оһуора”(2019с.) хоһоон хомуурунньуктарыгар, “Сэмсэ” “Чолбон” уус-уран литературнай уонна общественнай – политическай сурунаал эбии таһаарыытыгар хоһоонноро киирбитэ.
2019 сылтан Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Айымньылара:
Туостан дьикти айыллар / Галина Иванова. — Покровскай : ЦИТИД, 2005. — 12 с.
Иэйиим истиҥ илдьиттэрэ : [хоһооннор] / Айтыына. — Бокуруобускай : ИП Никифоров А. М., 2016. — 95 с.
Туойабын төрөөбүт дойдубун : 2017 с.
Үөрүөх, бу баар олохтон… : [хоһооннор] / Айтыына Уран. — Дьокууская [Дани-Алмас], 2018. — 54, [2] с.
Васильев Илья Афанасьевич – Ылдьаа Хоточчу
1959 сыллаахха Хаҥалас улууһун Хоточчу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1 Дьөппөн орто оскуолатыгар үөрэнэ сырыттаҕына спортка дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн, Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар ыҥыран үөрэттэрбиттэрэ. Илья онно үөрэнэн сайдан, оҕунан ытыыга ССРС спордун маастара буолбута. Сопхуоска, онтон ТХК үлэлээбитэ.
Хоһоонноро “Чолбон” уус-уран литературнай уонна общественнай – политическай сурунаал “Сэмсэ” сыһыарыытыгар, “Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), “Айар тылбыт оһуора”(2019с.) хоһоон хомуурунньуктарыгар киирбитэ. “Киин куорат”, “Хаҥалас” хаһыаттарга бэчээттэммитэ. Ааптар истиҥ, иһирэх иэйиилээх элбэх хоһооно ырыа кынаттанан ыллана сылдьаллар.
Үлэ ветерана , 2021 сылтан Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Айымньылара:
Иэйиим сырдык сыдьаайынан : / И.А. Васильев. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2021. – 56 с.
Умсулҕан : хоһооннор / Илья Васильев- Ылдьаа Хоточчу. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2022. – 56 с.
Авитов Валерий Николаевич – Абыычай
I Малдьаҕар нэһилиэгэр 1957 сыллаахха төрөөбүтэ. Аармыйа кэнниттэн дойдутугар 32 сыл сопхуоска бостуук, сылгыһыт үлэтигэр үлэлээн, пенсияҕа тахсыбыта. Билигин Мохсоҕоллооххо олорор. Хоһооннору, тэттик кэпсээннэри суруйуунан 2013 сыллаахтан холонор.
Айымньылара:
Таптал кистэлэҥэ : [хоһооннор] / Валерий Авитов. — Якутск : Медиа-холдинг, 2015. — 56 с.
Төрөөбүт дойдум абылаҥа : хоһооннор / В.Н. Авитов-Абыычай. – Дьокуускай, 2020. – 52 с.
Ааспыт олоҕум ахтылҕана : кэпсээннэр, хоһооннор, ырыалар / В.Н. Авитов-Абыычай. – Дьокуускай : ХИФУ Издательскай дьиэтэ, 2021. – 52 с.
Атласова Лариса Петровна – Алыптаах
Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Өктөм нэһилиэгэр олохсуйан олорбута отуттан тахса сыл буолла. Уулаах — Ааннааҕы «Кэскил » уһуйааныгар сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Сахалыы-нууччалыы, нууччалыы-сахалыы тылбаас салаатыгар үөрэнэн магистратураны бүтэрбит. «Өлүөнэ долгуннара», «Уран тыл оһуора» литературнай түмсүүлэр чилиэнэ.
Айымньылара:
Абылаҥ алыптаах аартыгар / Л. П. Атласова. — Дьокуускай, 2021. — 88 с.
Иэйиибин хоһооммор тиһэбин / Л.П. Атласова. — Дьокуускай, 2021. — 52 с.
Көҥүлгэ көтүппүт тылларым / Л.П. Атласова – Алыптаах – Өктөм, 2022. – 70 с.
Күннүү тэҥҥэ күлүөххэ / Л.П. Атласова – Өктөм, 2022. – 37 с.
Аянитова Розалия Афанасьевна
1963 сыллаахха, тымныы саамай оройугар тохсунньу 17 күнүгэр Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы бүтэрээт иитээччи идэтин баһылаан 30 сыл Уулаах -Ааннааҕы “Кэскил” оҕо саадыгар үлэлээбитэ. Кэлин логопед идэтин баһылаан кырачаан оҕолор саҥарар саҥаларын көннөрөн, үөрэтэн төрөппүт махталын ылан ”За вклад развитие дошкольного образования” бэлиэ хаһаайката буолбута. Быйыл “ РС үөрэхтээhинин туйгуна” ааты ылла.
Хоһоону эдэр эрдэҕиттэн кыралаан суруйар. Логопедтарга уонна иитээччилэргэ икки методическай пособие автора.
2016 с. “Өлүөнэ долгуна” хомуруунньукка хоһоонноро киирбиттэрэ.
Айымньылара:
Борисова Наталья Николаевна – Нарыйа
1955 сыллаахха Хаҥалас улууhун Нөмүгү нэhилиэгэр төрөөбүтэ. СГУ историко-филологическай факультетын саха салаатын бүтэрбитэ. 1977 сыллахтан Үөhэ- Халыма улууhугар Cылгы — Ыытар орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. 1991 сылтан Ой орто оскуолатыгар директоры иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан 2003 с. диэри үлэлээбитэ. Нөмүгү нэһилиэгин туһунан кинигэлэр ааптардара.
Хоһоонноро «Саха Сирэ», «Кыым», «Орто дойду сонуннара» хаhыаттарга, «Чолбон» сурууналга бэчээттэммитэ. “Доҕорбор” (1992 с.), “ Ыллыктан-аартыкка”, “Сырдык үрүйэ” (2010 с.) “Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), “Айар тылбыт оһуора”(2019с.) хоһоон хомуурунньуктарыгар, “Сэмсэ” “Чолбон” уус-уран литературнай уонна общественнай – политическай сурунаал эбии таһаарыытыгар хоһоонноро киирбитэ.
Сергей Зверев 100 сааhыгар үрүҥ көмүс бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 2005 с. «Хаҥалас» хаhыат олохтообут суруйааччы С.П.Ефремов 100 сааhыгар аналлах, 2007 с. М.Д. Дьячковскай аатынан журналистар бириэмийэлэрин лауреата. РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Нөмүгү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Айымньылара:
Сэргэлээх куобаҕа : [кэпсээннэр] / Наталия Борисова-Нарыйа. — Дьокуускай : Дани-Алмас, 2017. — 55 с.
Өйдүү-саныы сылдьыаҕын
Хорсунун иhин түөрт мэтээллээх
Нөмүгүлэр Аҕа дойду сэриитин кэмигэр /Н.Н. Борисова. – Дьокуускай : Медиа-Холдинг “Якутия”, 2015. – 192 с.
Владимирова Анжелика Владимирова
1972 сыллаахха Сунтаар улууhун Сиэйэ нэhилиэгэр төрөөбүтэ. СГУ саха салаатын 2002 сыллаахха бүтэрбитэ. Оҕо эрдэҕиттэн суруйар дьоҕурдаах. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгыр драматург И.Семенов, поэт Николай Чуор литературнай түмсүүлэригэр дьарыктаммыта. Билигин Покровскай 3-с нүөмэрдээх оскуолатын инклюзияҕа үөрэҕин директорын солбуйааччыта.
Егорова Светлана Егоровна -Туйгууна
1946 с. Тиит Арыы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. III Маалтааны, Нөмүгү нэһилиэктэрин оскуолаларыгар үөрэммитэ. Покровскай 1№ -дээх орто оскуолатын 1965 сыллаахха бүтэрбитэ.
1967 с. СГУ медицискай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. 1976 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, Хаҥалас улууһун киин балыыһатыгар дерматовенеролог бырааһынан өр сылларга үлэлээбитэ. Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СР доруобуйа харыстабылын туйгуна, “Покровскай куорат сайдыытын иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
“Сырдык үрүйэ” (2010 с.), ”Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), “Айар тылбыт оһуора” (2019с.) хоһоон хомуурунньуктарыгар, “Сэмсэ” “Чолбон” уус-уран литературнай уонна общественнай – политическай сурунаал эбии таһаарыытыгар хоһоонноро киирбитэ.
Айымньылара:
Санаам сырдык сыдьааннарын мин эһиэхэ аныыбын / Туйгууна-Куо. — Покровскай, 2011. — 70 с.
Кутум иэйэр кылыстарын мин эһиэхэ аныыбын / Туйгууна Куо. — Покровскай, 2015. — 56 с.
Төрөөбүт түөлбэттэн арыллыым эһиэхэ / Светлана Егорова. — Покровск : ГУ РГ «Хаҥалас», 2015. — 62 с.
Ефимов Петр Николаевич — Уһунча
1987 сыллаахха Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар төрөөбүтэ. Саха государственнай университетын культурология салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Армия кэккэтигэр 2012- 2013 с.с. Хабаровскай куоракка сулууспалаан кэлбитэ. Эдэр суруйааччылар 2017 сыллааҕы ХХ республикатааҕы сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа. “ Оһуор түннүк” хоһоон кинигэтин 2018 сыллаахха бэчээттэтэн таһаартарбыта. Билигин Хаҥалас Өктөмүгэр олорор, үлэлиир.
Айымньылара:
Ефремов Алексей Алексеевич
1958 сыллаахха балаҕан ыйын 28 күнүгэр Покровскай бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. 1976 сыллаахха Покровскай 1№-дээх орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1976-1978 сс. Советскай армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. Армия кэнниттэн Орджоникидзевскай оройуон ойуур хаhаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. 1980 с. Ураллааҕы лесотехническай институкка үөрэххэ киирбитэ. 1986 с үөрэҕин бүтэрэн, ойуур хаhаайыстыбатын инженерэ диэн идэни ылбыта. Дьокуускай куоракка, онтон Сиинэ нэһилиэгэр, 1991 сылтан Покровскай куоракка үлэлиир. СР Правительствотын, ойуур хаhаайыстыбатын министиэристибэтин Бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. «СР ойуур хаhаайыстыбатын Бочуоттаах үлэhитэ» аат иҥэриллибитэ.
2017 с. “Өлүөнэ долгуннара” хомуруунньукка хоһоонноро бэчээттэммитэ.
Айымньылара:
Ефремова Вилена – Айылҕа оҕото
1996 сыллаахха Хаҥалас улууһугар 1 Дьөппөҥҥө (Тиит – Эбэ) күн сирин көрбүтэ. 2015 сыллаахха 1 Дьөппөн орто оскуолатын бүтэрбитэ. Билигин Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка дошкольнай отделенияҕа үөрэнэр.
Бастакы поэзияҕа холонуутун оскуолаҕа сылдьан саҕалаабыта. “Өлүөнэ долгуннара” литературнай кулуубу кытта 10 кылааска сылдьан билсиспитэ. 2017 с. литературнай түмсүү чилиэнэ буолбута. Бары тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттар.
2019 с. «Айар тылбыт оһуора» хомуруунньукка хоһоонноро киирдилэр.
Айымньылара:
Ефремова Мотрена Васильевна- М. Туона
1956 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар төрөөбүтэ. Өктөм орто оскуолатын бүтэрэн, СХТ Амматааҕы филиалын үөрэнэн ветеринар идэтин ылбыта. Кэлин Хаҥалас улууһугар култуура директорынан үлэлээбитэ.
Култуура үлэтин бэтэрээнэ, СР култууратын туйгуна, култуура уонна духуобунай сайдыы 7 –с съеһин делегата. Барҕарыы фонда степендиата.
2017 с. “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” хомуруунньукка хоһоонноро киирбиттэрэ.
Айымньылара:
Жукова Раиса Семеновна – Мичийэ Хатыҥ
1958 сыллаахха Хаҥалас улууһун Чараҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1980с. Дьокуускайдааҕы кооперативнай техникуму бүтэрэн Сунтаар улууһун Кириэстээх нэһилиэгэр товароведынан ананан 2000 с. дылы үлэлээбитэ. Онтон Покровскай куоракка көһөн кэлбитэ. 2009 сылтан Хаҥалас улууһун кииннэммит библиотечнай ситимигэр директоры хаһаайыстыбыннай чааска солбуйааччынан үлэлээбитэ.
”Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017с.) , «Айар тылбыт оһуора» (2019 с.) хоһоон хомуруунньуктарыгар хоһоонноро киирбитэ.
Айымньылара:
Чараҥ Жуковтара / [сост.: Жуков Егор Петрович уо. д. а.]. — Дьокуускай : Кытыл, 2016. — 83 с.
Иванова Антонида Ивановна — Кыыдаана
Ньурба улууһун Мэҥэдьэк нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Хатыы 8 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн ЯПУ-1 үөрэммитэ. Кэнники Дьокуускайдааҕы педагогическай институт «Дошкольная педагогика и психология» салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ.
Хоһоонноро 1990 сылтан бэчээттэнэллэр. «Ньурба уоттара» (1991 с.), «Доҕорбор» (1992 с.), «Мэҥэдьэк кыымнара», «Ыллыктан аартыкка» (2008 с.), «Сырдык үрүйэ» (2010 с.), «Хангалацсы об учителе…» (2011 с.), “Айар тылбыт оһуора” (2019 с.) хомуурунньуктарга киирбиттэрэ, «Чолбон», «Чөмчүүк саас», «Ньурба уоттара» (литературнай – публицистическай сурунаал), «Күрүлгэн» сурунаалларга, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус хаһыаттарыгар бэчээттэммиттэрэ
1999 с. К. Н. Дьячковскай — Туйаарыскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай куонкурска III миэстэни оҕолорго аналлаах хоһооннорунан ылбыта. 2017 с. «Бичик» кинигэ кыһата ыыппыт “Хатан” 10 сылыгар аналлаах уус-уран суруйуу күрэҕэр кэпсээннэринэн кыттан, биһирэммит айымньы ааптара буолбута. 2018 с. «Бичик» кинигэ кыһата күрэх түмүгүнэн таһаарбыт “Мин маҥнайгы тапталым” хомуурунньугар кэпсээнэ киирбитэ.
Мелодист Е.В. Поисеев “Эркээни хочото”, “Дьикти вальс”, композитор Е.И. Неустроев – Тулуйхан “Тоҕо ?”, “Лааҕыр ырыата”, “Дорообо, сырдык күн” диэн хоһооннорго ырыа айбыттара.
40-ча сыл оҕо иитиитигэр үлэлээбитэ, “Оскуола иннинээҕи үөрэх сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ наҕараадалаах, үлэ бэтэрээнэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Айымньылара:
Аптаах түгэн 2014 с.
Сценарийдар, оонньуулар, таабырыннар, өс хоһоонноро 2017 с.
Олох амтана : [хоһоон] / А. Иванова — Кыдаана. — Ой : ФотоПечать, 2015. — 44 с.
Ийэкээним аттыгар 2015 с
Колесова Антонина Семеновна – Дьөһөгөй Дьүөгэтэ
1966 сыллаахха Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн зооинженер идэтин ылбыта. 2009 сыллаахха Москватааҕы государственнай университеты бүтэрбитэ.
Билигин Уулаах — Ааннааҕы «Кэскил» оҕо уһуйааныгар үрдүк категориялаах иитээччинэн үлэлиир.
“Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), “Айар тылбыт оһуора”(2019с.) хоһоон хомуурунньуктарыгар, “Сэмсэ” “Чолбон” уус-уран литературнай уонна общественнай – политическай сурунаал эбии таһаарыытыгар хоһоонноро киирбитэ.
Айымньылара:
Битэмиин оҕолор. Оҕолорго хоһооннор. 2017 с.
Колесова Валентина Николаевна
Орджоникидзевскай оройуон II Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Булгунньахтаах орто оскуолатын, Дьокуускайдааҕы культпросвет училище клубнай режиссуратын салаатыгар үөрэммитэ. Кэнники Улан-Удэ Илин-Сибиирдээҕи культура институтун ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Билигин улуустааҕы библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ. «Иһирэх түмсүү» литературнай — музыкальнай гостинай салайааччыта.
2016 с. “Өлүөнэ долгуннара”, 2019 с. «Айар тылбыт оһуора» хомурууньуктарга кэпсээннэрэ киирбитэ, “Хаҥыл” сурунаалга бэчээттэммитэ.
СР культуратын туйгуна, «Покровсакай куорат социальнай сайдыытыгар кылаатын иhин» бэлиэ хаһаайката.
Айымньылара:
Колесова Людмила Николаевна — АйКыыма
Нам улууһун Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Өктөм орто оскуолатын бүтэрэн, Илин Сибиирдээҕи култуура институгар үөрэнэ киирбитэ. Библиотекарь идэтин ылан, улуустааҕы библиотекаҕа нэһилиэнньэни кытта үлэлиир отдел сэбиэдиссэйэ. Оҕо сааһыттан хоһоон суруйуутугар холонор, бастакы хоһооно “Бэлэм буол” хаһыакка бэчээттэммитэ.
2016 с. “Өлүөнэ долгуннара”, 2016 с. “Чолбон” сурунаал “Сэмсэ” сыһыарыытыгар, онтон 2017 с. “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” , “ Айар тылбыт оһуора”хомуруунньуктарга айымньылара тахсыбыттара.
2016 с. Республиканскай литературнай күрэххэ Колесова Л.Н. – Айкыыма “Кэрэхсэбиллээх кэпсээнньит 2016 с” дипломаата буолбута
СР культуратын туйгуна. “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүү салайааччыта.
Айымньылара:
Лукина Сахаяна Васильевна
1980 сыллаахха Покровскай бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Аан дойдуга аатырар кэрэ көстүүлээх Өлүөнэ очуостарын уун — утары турар, Тумул нэһилиэгэр улааппыта. Икки үрдүк үөрэхтээх. Новосибирскай куоракка СибГУТИ-ны бүтэрбитэ. Онтон ХИФУ-га юрист идэтигэр кэтэхтэн үөрэммитэ. Тумул нэһилиэгин баһылыгынан үлэлиир. Хоһоону оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүр, иэйии киирдэҕинэ мэлдьи холонон көрөр.
2016с. “Өлүөнэ долгуннара” , 2019 с. «Айар тылбыт оһуора» хомуруунньуктарга бэчээттэммитэ.
Айымньылара:
Макаров Сергей Исаевич
1979 сылаахха Улахан – Аан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 11-Малдьаҕар орто оскуолатын 1996с.с. үөрэнэн бүтэрбитэ. Армияҕа ыҥырыллан, ытык иэһин төлөөн кэлэн баран, Улахан-Ааныгар сылгыһытынан үлэлээбитэ.
2005с. кэргэннэнэн баран Булгунньахтаахха көһөн кэлэн олорор. ЖКХ систиэмэтигэр газооператорынан үлэлиир. Оҕо эрдэҕиттэн дойдутун, айылҕатын таптыыр буола иитиллэн, айылҕаны кытта ыкса алтыһан улааппыта. Хоһоон суруйарга бастаан оскуолатааҕы кэмнэригэр холонон көрбүтэ. Кэлин сылгыга үлэлии сылдьан дьэ «кытыаста умайар санаатын кыымнарын» хоһоон гына суруйан саҕалаабыта. Билиҥҥитэ аҕыс уонча хоһооннордоох. Сүрүннээн айылҕа кэхтибэт кэрэтин, таптал уоспат абылаҥын кумааҕыга түһэрэн хоһуйар.
2017 с. “Сааскы таммахтар” улуустааҕы поэтическай конкурс “Гран при” хаһаайына
“Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.) хоһоонноро хомуруунньукка киирбиттэрэ.
Айымньылара:
Айар кут алгыстаах кырдала : [ хоһооннор] / Сергей Макаров. – Дьокуускай :Типография «DOLUN»,, 2022. 86 с.
Макарова Тамара Исаевна
Хаҥалас улууһун ll -с Малдьаҕар нэһилиэгэр, 1973 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Покровскай куоракка олорор. Үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлиир. Кэнники сылларга суруйан холонор.
Олесова Айна Михайловна
1971 сыллаахха Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. «Кыымчаан» уһуйаан эбии үөрэхтээһинин үрдүк категориялаах педагога, фольклор куруһуогун салайар. Оҕолорго аналлаах хоһооннору суруйар.
2017 с. “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” кинигэҕэ хоһоонноро киирбиттэрэ
Айымньылара:
Острельдина Ольга Васильевна – Уокка Куо
Орджоникидзевскай оройуон Тиит-Арыы нэһилиэгэр 1970 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. 1999-2004 сс. СГУ саха тылын уонна культуратын факультетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. 1995-2007сс. Хаҥалас улууһун V Малдьаҕар орто оскуолатыгар төрүт култуура учууталынан үлэлээбитэ. 2010 сылтан хоһоон айарга холонор. «Өлүөнэ долгуннара» литературнай түмүү чилиэнэ.
«Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), «Айар тылбыт оһуора» (2019 с.) хомуруунньуктарга хоһоонноро киирбитэ.
Айымньылара:
Петрова Татьяна Михайловна – Мойуу Кыыһа
1964 сыллаахха Хаҥалас улууһун I-кы Дьөппөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
I-кы Дьөппөн орто оскуолатыгар үөрэммитэ. 1983-1985 тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ. Билигин «Сардаана» оҕо саадын бухгалтера. «Өлүөнэ долгуннара» литературнай түмсүү чилиэнэ.
“Күрүлгэн”, “Хаҥыл” сурунаалларга, “Орто дойду поэттарын күөн күрэһин айаммыньылара “(2015), ”Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), “Айар тылбыт оһуора”(2019с.) хоһоон хомуурунньуктарыгар, “Сэмсэ” “Чолбон” уус-уран литературнай уонна общественнай – политическай сурунаал эбии таһаарыытыгар хоһоонноро киирбитэ.
Айымньылара:
Иэйиим илгэтэ — тылбааска : [тылбаастар] / Мойуу кыыһа. — Дьокуускай : Дани Алмас, 2017. — 64 с.
Оо, Мэндэ… : [хоһооннор] / Мойуу Кыыһа. — Дьокуускай : Издатель Старостина А. И., 2021. — 47 с.
Эһиэхэ…: хоһооннор / Мойуу Кыыһа. – Дьокуускай : Офсет, 2022. – 24 с.
Прокопьева Мария Анатольевна
1988 сыллаахха Нерюнгри куоракка төрөөбүтэ. Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгиттэн төрүттээх. 2005с. Саха государственнай университетыгар саха тылын уонна литературатын учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. 2010 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн Покровскай куорат №1 орто оскуолатыгар үлэлээбитэ. 2013 сылтан улуустааҕы библиотека нэһилиэнньэни кытта үлэлиир салаатыгар библиотекарынан үлэлиир.
2016 с. “Өлүөнэ долгуннара” хомуруунньукка, “Сэмсэ” “Чолбон” уус-уран литературнай уонна общественнай – политическай сурунаал эбии таһаарыытыгар хоһоонноро киирбитэ. “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүү куратора.
Айымньылара:
Слепцова Татьяна Григорьевна
Булгунньахтаах “ Кэрэчээн” оҕо уһуйаанын үрдүк категориялаах иитээччитэ. Түөрт оҕо күн-күбэй ийэтэ. Иллэҥ кэмигэр айар үлэнэн үлүһүйэр, эгэлгэ тиэмэҕэ хоһооннору хоһуйар. Булгунньахтаах төрүт олохтооҕо.
2017 с. “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” хомуурунньукка хоһоонноро бэчээттэммитэ.
Айымньылара:
Софроняева Альбина Прокопьевна
1954 с. ахсынньы 23 күнүгэр Хачыкаат нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1972 с. Хачыкаат орто оскуолатын бүтэрбитэ. Оскуола саҕаттан саха тылын уонна литературатын кэрэхсиир, кэнники бэйэтэ айар үлэ абылалаҥар ылларан, хас да кинигэлээх.
2002 с. хоһоонноро “Чолбон” сурунаалга бэчээттэммитэ тута ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылбыта. “Айар тылбыт оһуора” (2019с.)хоһоон хомуурунньугар бэчээттэммитэ.
Айымньылара:
Олох ситимнэрэ : [Хоһооннор] / Альбина Софроняева. — Дьокуускай : Бичик, 2002. — 64 с.
Сысоева Раиса Петровна
Хаҥалас улууhун Өктөм нэhилиэгэр 1953 сыллаахха төрөөбүтэ. Саха государственнай университетын төрүт культура салаатын бүтэрбитэ. Айар үлэнэн 1994 сыллаахтан дьарыктанар. Бастакы хомуурунньугун 1999 сыллахха, оскуола 125 сылыгар анаан бэлэмнээбитэ. Өктөмнөөҕү гимназия үөрэнээччилэрин, эдэр корреспонденнары уhуйбута. «Кэскил» хаhыакка, «Чуораанчык» сурунаалга бэчээттэммиттэрэ.
Хоhоонноро «Чолбон» сурунаалга бэчэттэммитэ. “Сырдык үрүйэ” (2010 с.) “Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Айар тылбыт оһуора”(2019с.) хоһоон хомуурунньуктарыгар хоһоонноро киирбитэ. Общественнай корреспондент быhыытынан биллэр. Үлэ ветераана, нэhилиэк сэбиэтин депутата.
Айымньылара:
Мин ырыам ымыыта — мин ырам ыллыга. Хоһооннор. 2008 с.
Тарасова Людмила Иннокентьевна
Родилась 5 ноября 1950 года в г. Якутске. Детские годы прошли в п. Хандыга Томпонского района. Окончила в 1973 году Якутский государственный университет, получив специальность филолога, учителя русского языка и литературы. Свыше 20 лет трудилась в системе образования. С 1992 по 2008 год работала в администрации Хангаласского улуса.
Отличник просвещения РСФСР, ветеран педагогического труда, государственной и муниципальной службы.
С детских лет любила литературу, поэзию. Но писать стихи начала в зрелом возрасте, после 40 лет. Стихи печатались в районной газете «Хангалас», сборниках стихотворений “Сырдык үрүйэ” (2010 с.) “Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017 с.), “Айар тылбыт оһуора”(2019с.).
Произведения:
Тимофеева Зоя Афанасьевна
1960 сыллаахха Хаҥалас улууһугар Тойон-Арыыга төрөөбүтэ. Хоһоону оскуолаҕа үөрэнэр сылларытан суруйар. Самодеятельнай мелодист. Үгүс хоһоонноро ырыа буолбуттара. Улууспутугар биллэр ырыаһыт. Элбэх Республиканскай уонна улуус ырыа куонкурсун кыайыылааҕа.
Улахан -Аан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын норуот уус — уран сайдыытын иһин уонна Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга өр сыллаах үлэтин иһин бэлиэлэр хаһаайката.
2017 с. “Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” хомуурунньукка хоһоонноро бэчээттэммитэ.
Айымньылара:
Уваров Александр Михайлович – Сата Уола
Булгунньахтаах нэһилиэгэр 1949 сыллаахха төрөөбүтэ. Булугунньахтаах орто оскуолатын бүтэрбитэ. Армияҕа барыар дылы “Оскуола- производство- үрдүк үөрэх” диэн бачыынынан колхозка үлэлээбитэ. Онтон үрдүк үөрэххэ киирэн геолог идэтин баһылаан, 1990 сыллааха дылы үлэлээн билигин сынньалаҥҥа олорор. «Айар тылбыт оһуора» (2019 с.) хомуруунньукка хоһоонноро киирбитэ.
Айымньылара:
Федорова Саргылаана Семеновна – Саргылаана Сайын
Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1987 сыллаахха Ой орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1997 с. СГУ саха тылын уонна култууратын факультетын, саҥа арыллыбыт төрүт култуура салаатын бастакы хараҥаччыта буолан көппүтэ.
Саргылаана Сайын оҕо эрдэҕиттэн айарга холонор. Айар дьоҕурдаах оҕолор куруһуоктарыгар, студенныыр кэмигэр Сэргэлээх уоттара литературнай түмсүүгэ дьарыктаммыта. Бастакы хоһоонноро Күөрдэм айар куттаах дьонун хомуурунньугар тахсыбыта. Хас да ырыа буолбут хоһооннордоох.
Айымньылара:
Сахалыы мин буруом унаарар : [хоһооннор] / Саргылаана Федорова- Сайын. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2019. – 64 с.
Салгын куппун салайан : [хоһооннор] / Саргылаана Федорова- Сайын. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2019. – 64 с.
Сааскы халлаан сэбэрэтэ : хоһооннор / Саргылана Сайын. — Дьокуускай : Дани-Алмас, 2021. — 45, [3] с.
Чуумпуну иһиллиэх : хоһооннор / Саргылана Сайын. — Дьокуускай : Дани-Алмас, 2021. — 57, [2] с.
Федорова Туяра Пантелеймоновна — Тууйа
1971 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ. Хоһоону 2001 сылтан олох араас тематыгар суруйан холонор. Улахан- Ааннааҕы «Аан Аартык» култуура киинин үлэһитэ.
“Кэрэни түстүүбүт, олоҕу туойабыт” (2017с.) хоһоон хомуруунньугар хоһоонноро киирбитэ.
Айымньылара:
Сүрэхпэр саспыт ыра санааларым : хоһооннор / Тууйа. — Дьокуускай : DOLUN, 2020. -21 с.
Харлампьев Анатолий Петрович – Харалаан
1944 сыллаахха Хаҥалас улууhун Хачыкаат нэhилиэгэр төрөөбүтэ. 1962 сыллаахха Хачыкаат 8 кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1963-1966 сылларга Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан сулууспалаабыта. Армия кэнниттэн тута кэриэтэ милиссийэҕэ үлэҕэ киирбитэ. Милииссийэҕэ отучча сыл үлэлээн баран сынньалаҥҥa тахсыбыта.
Улуустааҕы ис дьыала бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта. «Хаҥалас» хаhыат общественнай кэрэспэдьиэнэ. Улуустааҕы уустар холбоhуктарын чилиэнэ.
Кэпсээннэрэ “Сырдык үрүйэ” (2010 с.),“Өлүөнэ долгуннара” (2016с.), хомуурунньуктарга бэчээттэммитэ.
Айымньылара:
Махтал, таптал тылларынан / Анатолий Харлампьев. — Покровскай : Никифоров А. М., 2013. — 125 с.
Ахтылҕан / Анатолий Харлампьев. — Покровскай : Редакция газеты «Хаҥалас», 2015. — 91 c.
Махтал, таптал тылларынан / Анатолий Харлампьев. — Покровскай : Никифоров А. М., 2013. — 125 с.
Чачуа Светлана Семеновна
1963 сыллаахха Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Анал орто үөрэхтээх. 1998 сылтан Өймөкөөн улууһун «Хотугу сардаҥа» хаһыакка кэрэспэндьиэннээбитэ. Суруйуулара «Хотугу сардаҥа», «Эдэр саас», «Саха сирэ», «Орто дойду» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. Билигин Дьокуускай куоракка олорор.
2016 с. “Өлүөнэ долгуннара” хомуруунньукка хоһоонноро бэчээттэммитэ.
Айымньылара:
Ющенко Анастасия Петровна — Алгыстаана
Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Төхтүр нэһилиэгин төрүт олохтоох Максимовтар дьиэ кэргэнигэр, алтыс оҕонон кулун тутар ыйыгар күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы 2000 сыллаахха бүтэрэн, оҕо эрдэҕиттэн артыыс буолар баҕалаах буолан култуура колледжыгар үөрэммитэ. Режиссер идэтин баһылаабыта. Алгыстаана диэн псевдониимын кырдьаҕас эмчит эдьиийэ Айылгы иҥэрэн, алҕаан билигин суруйар талаана арыллан “Хаҥалас ” улуус хаһыатыгар хаста да бэчээттэммитэ.
2019 с. “Айар тылбыт оһуора” хомуруунньукка хоһоонноро бэчээттэннилэр.
Айымньылара:
Якушев Александр Прокопьевич
Родился 29 декабря 1983 года в г. Покровске в семье служащих. После окончания Покровской средней школы №2 с 2001 по 2006 год учился в Уральской государственной юридической академии, получил специальность юриста. В настоящее время проживает и работает по специальности в г. Якутске.
С детства увлекается спортом, имеет высокие достижения: мастер спорта РФ по русским шашкам, кандидат в мастера спорта РФ по армрестлингу, любит баскетбол и теннис.
Еще в школьные годы проявил склонность к журналистике, начал писать стихи и песни, неоднократно печатался в районной газете и республиканской газете «Спортивная Якутия». В 2001, будучи школьником, году стал лауреатом премии имени журналиста А.М. Яковлева, в 2005 году — улусного конкурса «Проба пера», посвященного 100-летию драматурга, писателя С.П. Ефремова.
2018 г. Победитель конкурса в номинации «Авторское слово» в г. Владивосток, Дипломант Всероссийского конкурса художественной самодеятельности госорганов . г. Москва.
Произведения: