Алтынньы ыйыга”Сайдыс” оҕо ааҕар куруһуогар Айыы итэҕэлин кытта билистибит, ый бэлиэтин ааҕар дневниктарыгар уруһуйдаатылар, ый бэлиэ күннэрин, уратытын кэпсэтистибит. 14 чыыһылаҕа Бокуруоп күнэ. Кыһын 220 хонукка кэлэр, ирбэт хаар түһэр, күөл тоҥор, муҥха саҕаланар.
Сүө, ый дуомнара.
Бу ыйга иллээх-эйэлээх сыһыаммытын салайабыт: ийэ, аҕа, улахан киһи этэрин истибэт-куһаҕан, кырдьаҕас, кыаммат киһиэхэ көмөлөс, доҕотторгор көмөлөс, харыстаа.
Хас уруок аайы биирдии айымньыны ааҕабыт. Бүтэһик уруокка “Кырынаас кутуругун төбөтө хара буолбута” саха остуоруйатын аахтыбыт. Ис хоһоонун кэпсэтистибит, айымньыттан тугу өйдөөбүттэрин, сүрүн ис хоһоонун уруһуйдаатылар, оҕолор билбэт тылларын быһаарыстыбыт, өйдөөтүлэр. Бу курдук, оҕо ааҕар дьоҕурун сайыннаран оҕолорго ааҕар интэриэһи тардар, саҥаны билэр, ааҕар үөрүйэҕи олохтуур сыаллаах үлэлиибит.
2-Дьөппөн модельнай бибилэтикэтэ.


